Без рубрики
Кулун тутар ыйга Уус Алдан улууһа төрүттэммитэ 100 сылын көрсө “Үүнэр-сайдар мин дойдум!” Уус Алдан улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы култуура бэстибээлэ саҕаланна.Култуура бэстибээлин сыалынан-соругунан Уус Алдан улууһа төрүттэммитэ 100 сылын көрсө нэһилиэк, улуус историятын дириҥэтэн үөрэтии, нэһилиэнньэ ортотугар, ыччакка патриотизмы, төрөөбүт сирдэринэн киэн туттууну иҥэрии, олоххо көхтөөх буолууларын ситиһии, нэһилиэк историятын уонна сайдыытын билиһиннэрии, дойдуларын туһугар хорсун быһыыны көрдөрбүт, күргүөмнээх үлэлэринэн үрдүк ситиһиилээх биир дойдулаахтарын ааттарын сырдатыы, үйэтитии, тыа сирин култуурунай сайдыытын көрдөрүү, саҥа талааннары арыйыы, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын актыыбынаһын үрдэтии буолар. Бэстибээлгэ театрализованнай дьүһүйүү 1 көрүҥ быһыытынан ыытыллар. 2-с көрүҥүнэн научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолар.Быйыл бэстибээл биир уратытынан улуус нэһилиэктэрин 3 бөлөххө арааран көрүү буолар.1 бөлөххө (801 киһиттэн үөһээ ахсааннаах нэһилиэнньэлээхтэргэ) Курбуһах, Лөгөй, Өлтөх, 1 Хоро, Найахы, Дүпсүн, Суотту, Бороҕон, Мүрү нэһилиэктэрэ киирэллэр. 2 бөлөххө 501 киһиттэн 800 киһиэхэ диэри — 2-с Лөгөй, Байаҕантай, 1-кы Өспөх, Бэрт-Ууһа, Өнөр, Хоро нэһилиэктэрэ.3 бөлөххө 500 киһиэхэ диэри — Чэриктэй, Түүлээх, Бээрийэ, 2-с Байаҕантай, Өспөх нэһилиэктэрэ.Бу күннэргэ театрализованнай дьүһүйүүнү график быһыытынан Курбуһах, 2-с Лөгөй, Байаҕантай нэһилиэктэрэ көрдөрдүлэр.